Сэһэн сүрүн дьоруойа Бүөтүр Бэстиинэп түөрт сыллааҕыта уҥа тыҥатыгар искэҥ тахсыбытын Москваҕа Блохин аатынан онкология киинигэр тиийэн эпирээссийэлэнэр. Ол кэнниттэн дойдутугар Дьокуускайга эргиллэн кэлэн химиотерапия курдук ыарахан эмтэниини ааһыыта доруобуйатын улаханнык айгыратар, мөлтөтөр.
Ыарыы иккистээн эргиллиитэ, атын органнарга көһүүтэ, тарҕаныыта, онтон сылтаан бүтэр уһукка тиийэ сыһан баран олоххо иккистээн эргиллии, ыарахан ыарыыттан өрүттүү Дабаччыма — Василий Дарбасов «Үчүгэйиэн, тыыннаах буолар!» кинигэтигэр долгутуулаахтык уонна итэҕэтиилээхтик суруллар.
Рак ыарыы туһунан бу курдук аһаҕастык, ылыннарыылаахтык суруйуу урут да, билигин да суоҕа. Кыайан эмтэммэт турукка тиийэн да баран ыарыыттан босхолонуохха, ыарыыны туруулаһан кыайыахха сөбө манна ырылхайдык суруллар.
Рак ыарыы үөскээбэтин, эти-сиини биир гына тарҕамматын туһугар тугу аһыырга, тугу гынарга анаммыт сүбэлэри сөҕө-махтайа ааҕыахха сөп.
Араас дьикти дьылҕалаах дьон туһунан кинигэҕэ эмиэ кэпсэнэр. Быар, бүөр, ноор рага буолан баран биир таблетката, укола суох, норуот үгэһинэн, айылҕа отун-маһын симэһиннэринэн эмтэммит киһи дьылҕата эмиэ бу кинигэҕэ суруллар.
Кинигэ «Бичик» маҕаһыыннарыгар атыыга баар. Олус үчүгэй кинигэни сөҕө-махтайа, биһирии ааҕыҥ!