Ааҕар киһи — билиилээх!
Билиилээх киһи — сайдыылаах!
Сайдыылаах киһи — ситиһиилээх!
Муус устар 23 күнүгэр Кинигэ күнэ аан дойду таһымыгар сылын аайы бэлиэтэнэр. Ити күн чэрчитинэн Сэмэн Ноҕоруодап аатынан «Бичик» кинигэ кыһата кэрэхсэбиллээх элбэх тэрээһиннэры үс күн устата иилээн-саҕалаан, үүннээн-тэһииннээн ыытта.
Тэрилтэ дириэктэрэ Август Егоров ССРС, Арассыыйа, Саха сирин суруйааччыларыгар, литертураҕа, кинигэҕэ, ааҕыыга, оскуолалар үбүлүөйдэригэр, «Бичик» кинигэ кыһатыгар, о.д.а анаммыт мунньубут значоктарын баай коллекцията маҕаһыын долбуурдарыгар уурулунна.
Манна уопсайа 300-тэн тахса значок баарын эбэн этиэххэ сөп. Экспозиция муус устар 30 күнүгэр диэри турар. Итини таһынан бэрт былыргы кинигэлэр быыстапкалара ааҕааччылар болҕомтолоругар тардылынна.
Норуодунай суруйааччылар Николай Лугинов, Сэмэн Тумат, Иван Мигалкин, суруйааччылар Айсен Дойду, Василий Егоров – Тумарча, Александр Постников, Данил Макеев, Виктория Габышева, Галина Нельбисова, Айталина Никифорова, Виктор Марщинцев, Афанасий Николаев, Николай Стручков, Уйбаан-Ойуур, уо.д.а автограф-сессияҕа кытыннылар. Бу күн ааҕыыны биһирээччилэр сөбүлүүр суруйааччылара илии баттаабыт кинигэлэрин атыыластылар.
Эмиэ бу дьоро күн иитинэн «Бичик” кинигэ кыһата «Үтүө санаа долбуурун” оҥордо. Манна хомуллубут оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо аналлаах эҥин-эгэлгэ кинигэ медицина киинигэр эмтэнэр онко-ыарыһах оҕолорго уонна кырдьаҕастар дьиэлэригэр бэриллиэхтэрэ. Тэрилтэ үлэһиттэрэ да, атыылаһааччылар да аһымал акциятыгар көхтөөхтүк кытыннылар. Маны таһынан ааҕааччылар «Бичик» бастыҥ кинигэтин таллылар.
Кинигэ аан дойдутааҕы күнүгэр сыһыары тутуллан ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ «Ырыа куттаах оҕо саас» мультимедийнай ырыанньык караоке дискэлээх кэмпилиэгин (хомуйан оҥорооччу Н.Д.Стручков) тула истиҥ кэпсэтии биир ураты миэстэни ылла. Кэмпилиэккэ оҕо сөбүлүүр 50 ырыалара бааллар. Дискэҕэ оҕо куолаһыгар дьүөрэлээн оркестыры уонна виртуальнай пианиноны салайыахха, уларытыахха сөп.
Дьокуускай куорат 2-с нүөмэрдээх национальнай политехническай уопсай үөрэхтээһин оскуолатын 2 «б» кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Елена Федорова) дискэҕэ киирбит ырыалары толоруулара болҕомто үөһүгэр буолла.
Эмиэ бу күн чэрчитинэн «Сааскы нуурал киэһэҕэ» тыыннаах музыканан ырыа-тойук түһүлгэтигэр «Саха ырыатын антологията» кинигэҕэ киирбит биллиилээх ырыа айааччылар, дьон-сэргэ кутун туппут ырыаһыттар Степан Васильев, Клавдия, Герман Хатылаевтар, Куприян Михайлов, Юрий Сивцев, Владимир Колтовской, ырыаһыт Людмила Леонтьева оччоттон-баччаҕа диэри уостан түспэккэ, сүрэххэ-дууһаҕа сөҥөн сылдьар ырыалара дьыл-хонук уорҕатын уҥуордаан үгүстэри эдэр саастарыгар эргиттилэр. Бу икки томунан тахсыбыт кинигэ күн сирин көрүүтэ, киэҥ эйгэҕэ тарҕанара — Сахабыт сирин олоҕор, култууратыгар бэлиэ түгэн буолбута чахчы. «Саха ырыатын антологията» кинигэлэргэ норуот таптыыр ырыалара ноталаах бэриллэллэр.
Үөрүүлээх тэрээһиннэр түмүктэниилэрэ «Кэскил», «Юность Севера» оҕо хаһыаттарын редакцията уонна С.А.Новгородов аатынан «Бичик» кинигэ кыһата элбэҕи ааҕар дьиэ кэргэннэр истиҥ көрсүһүүлэрин, санааларын, уопуттарын атастаһыыларын, литератураҕа сыһыаннаах викторинаны, билиигэ күөн көрсүүнү, тургутан көрүүнү тэрийдилэр. Манна Хаҥалас, Горнай, Нам улуустарыттан, Дьокуускайтан дьиэ кэргэннэр көхтөөхтүк кытынналар.
«Бичик» кинигэлэрин урккуттун умсугуйан туран ааҕар, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэник тарҕатар, сырдатар быраас идэлээх Саргылана Ильинична Иннокентьеваҕа бу күн “Национальнай кинигэни таһаарыыга киллэрбит кылаатын иһин” үрдүк наҕарааданы үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
Букмоб, флешмоб, кинигэлэргэ 20% чэпчэтии, библиотекаларга, оскуолаларга кинигэ туһатын тула кэпсэтиилэр, о.д.а. тэрээһиннэри «Бичик» үрдүк таһымнаахтык ыытта.