Норуот маастара, мас ууһа Эрнст Алексеев «Талахтан, мастан дьиэ тэриллэрэ» уонна «Саха мастан тутуулара» диэн кинигэлэрэ дьон биһирэбилин ыллылар.
Билигин сылаас күнэри былдьаһа ким от үлэтигэр, ким сир аһыгар онтон сорохтор дьиэ, балаҕан тутуутугар умса түһэ сылдьаллар. Тутааччыларга, мастан араас оҥоһуктары, дьиэ тэрилин оҥосторго билигин саамай үчүгэй күннэр тураллар.
Ол курдук, «Талахтан, мастан дьиэ тэриллэрэ» кинигэҕэ остуолу, олоппоһу, орону, ыскаабы, ыскамыайканы уо.д.а. дьиэ тэрилин оҥорорго быһаарыылар, сүбэлэр, хаартыскалар, ону тэҥэ 200-тэн тахса уруһуйдар, толору бырайыактар киирдилэр. Миэбэли талаҕынан баайыы, маһынан уһаныы ньымалара, кистэлэҥнэрэ эр дьон сэҥээриитин хайаан да ылыахтара.
«Саха мастан тутуулара» кинигэҕэ балаҕаны, ураһаны, ампаары, булууһу, үүтээни, умуһаҕы, күрүөнү тутуу толору суолталара, ымпыктаан-чымпыктаан көрдөрүллүбүт бэлэм уруһуйдара, хас да араастара, ньымалара бэрилиннилэр.
Эдэр ыччат да, уопуттаах маастар да бу кинигэлэри көрөөт да туппутунан-оҥорбутунан барыан сөп.
Бу кинигэлэр биир сүрүн уратылара диэн дьиэ тэриллэрин уонна тутууларын ньыматыгар биир тоһоҕо туттуллубат, барыта ытаһанан туһаныллар. Хас биирдии мас ууһугар олус наадалаах, туһалаах оһуордар көрүҥнэрэ, суолталара, кээмэйдэрэ көрдөрүллэр.
Source: VK RSS