Саха Өрөспүүбүлүкэтин С.А. Новгородов аатынан «Бичик» национальнай кинигэ кыһата регионнааҕы, Арассыыйатааҕы, аан дойдутааҕы араас таһымнаах быыстапкаларга өрүү кыттан, үөрэх кинигэлэрэ үрдүк наҕараадаларга тиксэн, Сахабыт сирин ааттаталлар.
Ол курдук бу күннэргэ «Төрүт дьарык» (1—4 кылаастар) үөрэх босуобуйалара 46-с Лондоннааҕы кинигэ быыстапка-дьаарбаҥкатын («London Book Fair») кыһыл көмүс мэтээлинэн уонна туоһу суругунан наҕараадаламмыттарын туһунан үөрүүлээх сонун кэллэ. Бу аан дойду таһымнаах быыстапка кулун тутар 14—16 күннэригэр Лондон куоракка ыытыллыбыт. Манна 130-тан тахса дойдуттан кинигэни таһаарааччылар, ааптардар, учуонайдар уо.д.а. тоҕуоруспуттар.
Арассыыйа Бэдэрээссийэтэ Тылбаас институтун уонна Б.Н. Ельцин аатынан Бэрэсидьиэннэр Кииннэрин холбоһуктаах истиэндэлэригэр бастыҥ уус-уран уонна оҕо литературатын туруорбут. Оттон Арассыыйатааҕы Естествознание Академията научнай литератураны киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрбит. Бу иннинэ Москваҕа буолбут Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ тэрийбит IV Норуоттар икки ардыларынааҕы үөрэх кинигэлэрин быыстапкатын түмүгүнэн тахсыбыт научнай сурунаалга Саха сириттэн «Төрүт дьарык» босуобуйа туһунан ыстатыйа киирбит. Онтон бу босуобуйаны таһаарыы тоҕоостооҕун, научнай уонна педагогическай суолталааҕын учуоттаан, үөрэх уонна наука учуобунньуктарын ааптардарын киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр сыаллаах быыстапка-дьаарбаҥка каталогын XXIII томугар «Төрүт дьарык» анатаассыйаларын киллэрбиттэр.
Лондоҥҥа истиэндэлэри арыйыы үөрүүлээх түгэнигэр Великобритания уонна Хотугу Ирландия Холбоһуктаах Королевстволарын Арассыыйатааҕы ыксаллаах быһыы-майгы уонна боломуочуйалаах посола Александр Яковенко, Бэчээт уонна маассабай коммуникация федеральнай ааҕыныстыбатын (Российскай бэчээт) салайааччыта Михаил Сеславинскай ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан кыттыыны ылбыттар.
Бу босуобуйаны оҥоруу үлэтин 2011 сыллаахтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай оскуолаларын чинчийэр научнай институт сүрүннүүр научнай үлэһитэ, педагогическай наука кандидата, РЕА бэрэпиэссэрэ Г.М. Федоров салайыытынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дмитрий Таас аатынан Хорообут орто оскуолатын алын кылааһын учууталлара оҕону төрүт дьарыкка уһуйар сыаллаах саҕалаабыттар. Босуобуйаны агрооскуолалар уруокка, уруогу таһынан дьарыкка, атын уопсай үөрэхтээһин оскуолалара кылааһы таһынан үөрэххэ туһанныннар диэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ 2016 сыллаахха «Бичик» кинигэ кыһатыгар сакаастаан оскуолаларга тарҕаппыта.
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ үөрэх кинигэлэрин таһаарыыга «Бичик» кинигэ кыһатын кытта үлэлэһиитин түмүгэр өрөспүүбүлүкэ оскуолалара үөрэх кинигэлэринэн тиһигэ суох хааччыллаллар. Кыһа үлэһиттэрэ үөрэх кинигэтин ис хоһоонун чочуйууга ааптардары кытта айымньылаахтык үлэлииллэр, ойуутун-бичигин, полиграфическай хаачыстыбатын бары ирдэбилгэ эппиэттиир гына кыһанан-мүһэнэн оҥорон таһаараллар. Ону араас таһымнаах быыстапкаларга Арассыыйа бастыҥ издательстволарын кытта үрдүк наҕараадаларга тиксэрэ туоһулуур.
Онон сахалыы үөрэх босуобуйата аан дойду таһымнаах быыстапка биһирэбилин ылыыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин, ааптардар уонна кинигэ кыһатын бары үлэһиттэрин айымньылаах, сыралаах үлэлэрин туоһута буолар.