Саха Өрөспүүбүлүкэтин С.А. Новгородов аатынан «Бичик» национальнай кинигэ кыһата оҕолорго аналлаах сонун бырайыактары олоххо киллэрэргэ учууталлары, иитээччилэри, биирдиилээн аптардары кытта ылсан үлэлэһэр. Олортон биирдэстэрэ Үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинэ (сал. М.Г. Макеева) Амма-Наахара орто оскуолатын кытта кыттыгас бырайыага «Олоҥхо ыллыктарынан айан» остуол мүччүргэннээх оонньуута буолар. Оонньуу 5000 ахсаанынан бэчээттэнэн, сахалыы оонньуу тарҕаныытыгар бастакы хардыы оҥоһулунна. Ааптардар Амма улууһун Пётр Ионович Яковлев аатынан Амма-Наахара орто оскуолатын учууталлара — Сахаяна Иннокентьевна Михайлова, Сардаана Степановна Александрова уонна Мария Васильевна Яковлева.
Сэтинньи 28 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй култуура дьиэтигэр олоҥхо декадатын чэрчитинэн «Олоҥхо ыллыктарынан айан» остуол мүччүргэннээх оонньуутун сүрэхтэниитэ буолла. Манна Дьокуускай куорат сахалыы үөрэтэр оскуолаларын 5 кылааһын үөрэнээччилэрэ кытыннылар.
Тэрээһин икки чаастаах ыытылынна: бырайыак сүрэхтэниитэ уонна интеллектуальнай оонньуу. Маҥнайгы чааһыгар оонньуу ааптара саха тылын уонна литературатын учуутала Сахаяна Иннокентьевна Михайлова бу оонньууну туох сыаллаах-соруктаах оҥорорго санаммыттарын, хайдах уларытан-тэлэритэн испиттэрин туһунан кэпсээбитин оҕолор бэркэ сэргээн иһиттилэр. Кини бу остуол оонньуута оҥоһулларыгар үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ тэбис-тэҥҥэ кыттыбыттарын махтана кэпсиир. Онон оскуолаларыгар оҕолор алын кылаастан саҕалаан таабырыны, өс хоһоонун, олоҥхону оонньуу көмөтүнэн иҥэринэ, өбүгэбит муҥура суох баайын билэ улааталлар эбит. Ону таһынан дьиэ кэргэнинэн, доҕоттору кытта түмсэн олорон оонньуурга, ахсааны иҥнигэһэ суох ааҕарга олус туһалааҕын бэлиэтээтэ. Бу бырайыактарынан араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттан куруук бириистээх миэстэлэргэ тиксэллэрин эттэ.
Тэрээһин иккис чааһыгар интеллектуальнай оонньуу буолла. Манна сэттэ оскуола кэлэн, бэрт көхтөөхтүк кытынна: 26 №-дээх оскуола (сал. М.Н. Борисова, Е.Н. Пестерева, М.Н. Аммосова), Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия (сал. С.Т. Кириллина), Айыы кыһата (сал. А.Л. Попова), 7 №-дээх оскуола (сал. К.С. Белолюбская), 12 №-дээх оскуола (сал. К.Б. Ксенофонтова), 17 №-дээх оскуола (сал. М.М. Попова), Саха гимназия (сал. А.Ф. Саввинова) уонна өрөспүүбүлүкэбит араас муннугуттан «Бэс чагда» лааҕырга сынньана кэлэ сылдьар оҕолор.
Күрэх икки түһүмэҕинэн барда. Оонньуу быраабылатынан ким элбэх сыспай сиэллээҕи (30 очукуо), хороҕор муостааҕы (20 очукуо), үрүҥ илгэни (10 очукуо) хомуйан ылбыт кыайыылаах тахсар. Ол эбэтэр очукуо хомуйаллар. Бастакы түһүмэх түмүгүнэн, уопсайа 30 ыйытыыга (олоҥхо, өс хоһоонун ситэрии, таабырын таайыыта) саамай элбэх очукуолаах 8 оҕо талыллан иккис түһүмэххэ киирдэ. Манна ким түргэнэ-тарҕана улахан оруоллаах буолла. Оҕолор бары да кыһаллан туран бэлэмнэммиттэрин, кыайыыга дьулуурдаахтарын бэлиэтиэххэ наада. 50 олоҥхоттон ыйытыы, 50 өс хоһооно, 50 таабырын билэн, оҕолор бу күннэргэ билиилэрин хаҥаппыттар. Иккис түһүмэх – биирдиилээн бастыыр иһин киирсии. Хас биирдии кыттааччыга боппуруос бэриллэн, иннин диэки аҕыс хардыыны оҥорон, биэтэккэ маҥнайгынан кэлбит кыттааччылар бириистээх миэстэҕэ тигистилэр. Ол курдук, Уйгуров Вася (17 №-дээх оскуола) – 1 миэстэтин иһин «Бичик» маҕаһыыныгар 2000 суумалаах сэртипикээтинэн, 2 миэстэтин иһин Оконешников Айаал (12 №-дээх оскуола) 1500 суумалаах сэртипикээтинэн, 3 миэстэтин иһин Дьяконов Слава (12 №-дээх оскуола) 1000 суумалаах сэртипикээтинэн наҕараадаланнылар. Оттон Иванова Айыына (Саха гимназия), Захаров Саша (12 №-дээх оскуола), Павлова Валерия (Саха гимназия), Пермяков Никита (12 №-дээх оскуола), Никулина Люба (Айыы кыһата) 500 солк. сэртипикээттэри туттулар.
Бары кыттыбыт үөрэнээччилэргэ, учууталларга, төрөппүттэргэ, оскуолаларга «Бичик» кинигэ кыһата махталын тиэрдэр. Унньуктаах уһун кыһыҥҥа «Олоҥхо ыллыктарынан айан» остуол оонньуута ыал аайы сэргэх доҕор, үтүө сүбэһит буолуо диэн эрэнэллэр.