Саха сиригэр кинигэ кыһата төрүттэниэҕиттэн СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин сакааһынан үөрэх кинигэтин бэлэмнээһин уонна таһаарыы биһиги кыһабыт үлэтин биир саамай сүрүн хайысхата буолар. Бу эппиэтинэстээх үлэни Үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинэ иилиир-саҕалыыр.
Ирдэбил быһыытынан, үөрэх кинигэлэрэ федеральнай перечеҥҥэ киириэхтээхтэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ ФГҮөС-кэ эппиэттиир үөрэх кинигэлэрин бэлэмниир куонкурус биллэрэрин түмүгэр хас да бөлөх кыттарыттан кыайбыт ааптардар үлэлэрин үөрэх кинигэтин бэчээттиир бырааптаах «Бичик» кинигэ кыһатыгар таһааттарар, оттон кыһа федеральнай перечеҥҥэ киллэрэр үлэни ыытар. 2017 с. саҥа перечень тахсыахтаах. Манна эмиэ тус сыаллаах үлэ бара турар.
Федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх стандарда олоххо киириэҕиттэн саҥа ирдэбилгэ сөп түбэһэр сахалыы уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларынан үөрэх кинигэлэрэ бэлэмнэнэн таҕыстылар. Ол курдук, Саха сиригэр үөрэхтээһин историятыгар бастакынан алын сүһүөх кылаастарга аналлаах «Литература ааҕыыта» (ааптардар: Л.В. Захарова, У.М. Флегонтова) үөрэх кинигэлэрэ түөрт экспертизаны (научнай, педагогическай, общественнай, этнокультурнай, о.э. региональнай сыанабыл) ааһан, федеральнай испииһэккэ киирбиттэрэ. Манна эмиэ ирдэбил күүстээх. Үөрэх кинигэтэ эрэ бу испииһэккэ киирэр бырааптанар. Бу курдук салгыы «Саха оскуолата» систиэмэнэн «Саха тыла» (5—9 кыл.), «Төрөөбүт литература» (5—11 кыл.) үөрэх кинигэлэрин федеральнай испииһэккэ киллэрэргэ үлэ барар. Кэмпилиэк электроннай көрүҥнээх үөрэх кинигэлээх, маны хайдах туһанар туһунан ыйыылаах уонна учууталга аналлаах мэтэдьиичэскэй босуобуйалаах. Маны таһынан «Төрөөбүт тыл» (1—2 кыл.), «Саха тыла» (1—4 кыл.), «Саха
Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култуурата» (2—4 кыл.), «Культура народов Республики Саха (Якутия)» (2—4 кыл., нууччалыы тылынан) уонна «Музыка для всех» диэн бырагырааманан 1—4 кыл. «Музыка», ону тэҥэ сүрүн үөрэҕи таһынан эбии дьарыкка «Төрүт дьарык» (1—4 кыл.) үөрэх босуобуйалара оҥоһулуннулар.
Үлэбит иккис сүрүн хайысхата — тематическай былаанынан бигэргэтиллибит оҕоҕо аналлаах литератураны таһаарыы. Уус-уран айымньылары таһынан оҕо билиитин-көрүүтүн хаҥатар, бары өттүнэн сайыннарар литература араас сиэрийэнэн тахсар. Сылтан сыл ис хоһооно интэриэһинэй, ис-тас ойуута тупсаҕай, аныгы технологияҕа олоҕурбут сонун оҕо кинигэтэ бэчээттэнэр. Билиҥҥи кэм кыһалҕаларын таарыйар орто, улахан кылаас оҕолоругар бэйэлэрин тэҥнээхтэрин сырдатар айымньыларга социальнай сакааһынан эмиэ үлэлиибит.
Үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинэ буоларбыт быһыытынан үөрэххэ уонна оҕоҕо аналлаах литератураны уонна да атын анал бородууксуйаны бэлэмнээн таһаарыы, атын үөрэх тэрилтэлэрин, издательстволары кытта үлэни ыкса сибээстээхтик тэрийэр сыал-сорук турар. Үөрэххэ аналлаах кинигэлэри бэлэмнээһиҥҥэ араас куонкурустары тэрийии, үөрэх-мэтэдьиичэскэй уонна сонун хайысхалаах оҕону сайыннарар бырайыактары оҥорон таһаарыы тиһиктээхтик барар. Киин иһинэн тахсыбыт үөрэх литературатын ис хоһоонугар олоҕуран, учууталларга, иитээччилэргэ аналлаах сүбэ тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Онон бу үлэ барыта барыбытыттан — үөрэх эйгэтин бары үлэһиттэриттэн, учууталлартан, ааптардартан уонна кинигэ таһаарааччылартан — улахан тутулуктаах диэн туран, Үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинин кытта ыкса үлэлэһэргэ ыҥырабыт.