Быйыл биһиэхэ бэлиэ сыл тосхойдо. Ол курдук, бүгүн сахалыы букубаар төрүттэммитэ 100 сылын туолла. Биир үйэ устата биһиги билии, үөрэх, сайдыы суолунан эрэллээхтик айаннаан кэллибит, бүгүн кэскилбитин түстүүбүт, өссө да үрдүк чыпчааллары дабайар сыал-сорук туруорунабыт.
Онтон саха норуотугар үөрэх сырдык суолун арыйбыт чаҕылхай киһибитинэн – Семен Андреевич Новгородов буолар. Кини – сахалартан тыл үөрэхтээх бастакы учуонай, уһулуччулаах сырдатааччы, саха маассабай суругун-бичигин төрүттээччи. Семен Андреевич сахалыы тылынан бастакы үөрэх кинигэлэрин суруйбут, бэчээттэппит, дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕаппыт киһи буолар.
Ийэ тылбыт инники кэскилэ үйэ-саас тухары чэчирии сайдыаҕа диэн эрэнэбит.
Төрөөбүт тылбыт төлкөлөннүн!
Сахалыы саҥабыт самныбатын!