Айыы далбар хотуна 3 ЭЛЕКТРОННАЯ ВЕРСИЯ

80 р.

Нина Протопопова

ЭЛЕКТРОННАЯ ВЕРСИЯ

Описание

Киһиэхэ дьылҕата араастык тосхойор. Дьылҕа ким да ыйааҕынан кэлбэт.

Мин бу кинигэҕэ киллэрбит дьахталларым бары араас дьылҕалаах дьон. Төһө да уустугун, ыараханын иһин, кинилэр дьылҕаларын бэйэлэрэ салайыммыт, бэйэлэрэ оҥостубут, инньэ гынан дьоллоох олохтоммут дьахталлар.

Бэл былыр, иһэр-аһыыр, арыгынан, араас куһаҕан дьаллыгынан үлүһүйүү суох кэмигэр, биһиги өбүгэлэрбит удьуор утумугар уһулуччу суолтаны биэрэллэрэ. «Өйдөөхтөн өйдөөх, күүстээхтэн күүстээх төрүүр» дииллэрэ. Сол курдук оҕолорун-урууларын үтүө төрүккэ дьиэлии-уоттуу сатыыллара. Биһиги бастакы Президеммит муударай өтө көрүүтүнэн, норуот кэхтэн, буомуран барбатын туһугар, «чөл олох», норуот генофондатын харыстааһын доктрината олоххо киирэр. Удьуор чөл утума харыстаныахтаах, салҕаныахтаах. Киһи ийэтиттэн, аҕатыттан, төрүттэриттэн бэриһиннэрэр үтүө өрүтэ үгүс буолар. Ол үтүө өрүтү мөлтөппөккө, өссө күүһүрдэн, чэбдигирдэн, чэгиэн оҥорон ыччатыгар тиэрдэр иэстээх.

Мин героиняларым ийэлэриттэн-аҕаларыттан, төрүттэ­риттэн-уустарыттан тугу бэриһиннэрбиттэрин суоллаан көрөөрү, төһө кыалларынан удьуордарын утумун арыйа сатаатым. Утум барыта бэрт буолбат, үтүө утум салҕаныахтаах, оттон мөкү утумтан, өйдөөн туран, киһи бэйэтин кыаҕынан босхолонон, дьылҕатын салайынан ыччатыгар үтүөнү эрэ тиэр­диэхтээх.

Мин суруйар дьахталларым — саха үтүө хотуттара. Кинилэр олохторо баҕарбыт хоту чэпчэки, эриирэ-мускуура суох буолбатах этэ. Кинилэр олох тосхойор моһоллорун туораан, санаа күүһүнэн, тулуурдарынан, дьулуурдарынан суолларын соломмут, айылҕа хадаҕалаабыт кыаҕын туһаммыт, дьон-сэргэ туһатыгар таһаарбыт дьон. Кинилэр бары — бэйэлэрэ олорбут уустук кэмнэрин оҕолоро. Ол кэм кинилэргэ суолу да арыйбыта, моһолу да тосхойбута. Ким эрэ репрессия күүһүлээбит эрэйин-муҥун туораабыта. Аҕа дойду туһугар Улуу сэрии соҥнообут ыарахаттарын эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ кинилэр — сэрии оҕолоро. Сэрии кэннинээҕи олоҕу оҥорсубут, киэргэтиспит, норуот дьылҕатын санныларыгар сүксүбүт үтүө-мааны хотуттар — мин героиняларым. Бэйэм көлүөнэм, олорбут кэмим сүүнэ дьахталларынан киэн туттан туран, төһө кыайарбынан кинилэр олохторун сурукка тистим.

Дополнительная информация

Язык

як. яз.

Обзоры

Отзывов пока нет.

Будьте первым, кто оставил отзыв на “Айыы далбар хотуна 3 ЭЛЕКТРОННАЯ ВЕРСИЯ”

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

очиститьОтправить

Есть что обсудить?