Саха дьон сурукпут-бичикпит
Сайдыытын биһигэ – “Бичикпит”,
ҮӨрэҕи, билиини тарҕаппыт
Үтүөҕүн мэлдьитин саныыбыт.
Хос ырыата:
Саргылаах кыһабыт сайда тур,
Сахабыт бэчээтэ туругур!
Ыҥыра туруохтун биһикпит –
Өй-санаа кыһата “Бичикпит”!
Бүгүн да эн үтүө үгэскин
Биһиги дьулуһан салгыыбыт,
Кинигэ арааһын, кэрэтин
Бэчээттии, тарҕата турабыт.
Хос ырыата.
Өй-билии бараммат кыһата,
Өрүүтүн эн буола туруоҕуҥ,
Бар дьоммут, норуоппут кыната –
Барҕа баай бастыҥа буолуоҕуҥ!
Хос ырыата.
Өй-билии бараммат баайынан,
Өрүүтµн эн буола туруоҕуҥ,
Айааччы, ааҕааччы айхаллан,
Айхаллыы, киэн тутта ыллыаҕыІ!
Айааччы, ааҕааччы дьоннордуун
Доҕордуу ыллыаҕыҥ буолуоҕуҥ!
Доҕордуу үлэбит күөдьүйдүн!
Суруйар, ааҕар да дьонунан
Киэн тутта айхаллыы туойуоҕуҥ!
Киэн туттар, айхаллыыр буолуоҕуҥ!
Сурахпыт иһиллэ туруохтун!
Тутайбат туһугар туруоҕуҥ!
Айааччы, ааҕааччы куруутун
Айымньы кыһатын арыйыҥ!
Айымньы аартыгын алҕыаҕыҥ!
|